Протопопов Дмитрий Юрьевич -Ураты уран тыл
1990 сыллаахха Таатта улууһугар Ытык-Күөлгэ төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан 8-9 кылаастарга хоһоон айар абылаҥар ылларбыта. Тыараһаҕа «Хардыы» олохтоох литературнай түмсүүгэ чилиэн. Араас өрөспүүбүлүкэ, улуус иһинэн ыытыллар хоһоон куонкурустарыгар өрүү бэйэтин айымньыларынан кыттар. Хоһоонноро «Чолбон» сурунаалга, «Киин куорат» хаһыакка, «Айар аартыкпыт аргыстара», «Уран тыл» хоһоон хомуруунньуктарыгар, бэчээттэммиттэрэ.
****
Өрүү күннээх, үтүө дьонноох,
Мин Кыйым куруук дьоллоох
Чугас доҕор, оҕо саас,
Ахтар санааҕа олус сылаас.
Үрүҥ күннээх, мааны дьонноох,
Кыйыга кэлбит өрүү дьоллоох.
Бастакы таптал, истиҥ сыһыан,
Билигин саныырга олус сылааһыан.
Киирбэт күннээх, дьоно дьоллоох,
Кыйыттан тэйэр хомолтолоох.
Мин дойдум, мин алааһым,
Олохпуттан сүппэт сылааһым…
****
Эн билэҕин күн уота хайдах сылытарын,
Биитэр ардах кэннэ кустук тахсарын.
Билэҕин оҕо мичээрэ сүрэҕи долгутарын,
Ийээ — диэн үөрэн оргууйдук ыҥырарын.
Эн билэҕин чугас доҕор диэн эрэл, эркин,
Итэҕэйэн барытын истиҥник кэпсиигин —
Билэҕин дьол диэн тугун, хомолтону эмиэ,
Олоҕу билэҕин бэйэҕинэн, өссө да үөрэтиэ.
Эн билэҕин бу хоһоону ким суруйбутун,
Билэҕин төһө таптыырбын дойдубун…
Ол эрээри, баар эбит өссө атын олох-
Эн ону билбэккин.. Кыйым эйигинэ суох.