1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
325 views

Ленинград блокадата 80 сыла

 

 

Сэрии саҕаланыыта Ленинградка 3,2 мөлүйүөн киһи олороро. 333 бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэ, элбэх фабрика, собуот, 130 научнай-чинчийэр институт, 60 үрдүк үөрэх кыһата, 106 техникум баара. Онон Ленинград дойду научнай, экэнэмиичэскэй, бырамыысыланнай киинэ этэ.

 

Ол да иһин Гитлер бастаан Ленинграды ылан баран, Москваны ылыам диэн суоттаммыта. Кини Ленинграды бастакы кыһыҥҥа блокаданан мөлтөтөн баран, сааһыары ылыам, сири кытары тэҥниэм, суох гыныам, оттон сирин-уотун Финляндияҕа биэриэм диэн былааннааҕа. Финнэр бу сэриигэ Сэбиэскэй Сойууһу утары ньиэмэстэргэ кыттыспыттара.

Блокада саҕаланарыгар куорат бородууктанан ситэ хааччыллыбатах этэ. Ладожскай күөлүнэн эрэ суол баара. Бу суолу фашистар артиллериянан ытыалыыллара, сөмөлүөтүнэн буомбалыыллара. Онон аччыктааһын саҕаламмыта, дьиэлэри ититии, уунан хааччыйыы тохтообута. Олус уһун, тымныы кыһын буолбута.

 

Бастакы кыһыннарыгар хоргуйууттан, тоҥууттан сүүһүнэн тыһыынча киһи өлбүтэ. Блокада сылларыгар Ленинградка барыта 1- 1,5 мөлүйүөн киһи өлбүтэ диэн суруйаллар. Куоракка туох да ас , бородуукта кэлбэт буолбута. Күүстээх аччыктааһын саҕаламмыта. Күннээҕи ас бэриллэр сиригэр уһун уочарат буолбута. Нуорма килиэп кыччаатар кыччаан 125 грамҥа тиийэ түспүтэ. Төгүрүтүллүбүт куорат иһигэр уу саппааһа суох буолбута. Ууну бэрт эрэйинэн Нева өрүстэн ылаллара, ол ыраах уонна үрдүк сиргэ баара, олус кутталлаах уонна сэрэхтээх этэ. Уу ыла баран баран аара тоҥон өлөөхтүүллэрэ, буомбалааһыҥҥа түбэһэллэрэ.

Аччыктааһыны эбии олус тымныы күннэр турбуттара. Ититэр систиэмэ буомбалааһыҥҥа алдьанан дьиэлэр хам тоҥмуттара, буржуйка дэнэр оһохтору оттон сылытыналлара, оттук мас да бараммыта, дьон туох баар харыстыыр малларын-кинигэлэрин, кумааҕыларын барытын оттукка туттубуттара
Төһө да хам аччык, тоҥон илибирэһэ сырытталар оҕолор оскуолаҕа үөрэхтэрин тохтоппотохторо. Төһө да ыарахан усулуобуйаҕа олордоллор оҕолор үөрэххэ талаһыылара уҕараабатаҕа, кырачаан оҕолор собуоттарга үлэлээн сэриигэ көмөлөһөллөрө.

 

Таня Савичева дневнигин туһунан билбэт, кини туһунан аахпатах киһи суоҕа буолуо. Кырачаан Таня чугас дьонун барыларын сүтэрбитэ. Кини дневнигэр ол туһунан бэлиэтэнэн испитэ билигин мусуойга хараллан сытар.

Норуот күүстээх санаатынан, дьулуурунан, дойдуга тапталынан тапталлаах Ленинград куоратын өстөөхтөргө туран биэрбэтэҕэ. 1944 сыл тохсунньутугар сэбиэскэй сэриилэр Ленинградскай-Новгородскай эпэрээссийэни оҥорон, өстөөх сэриилэрин 220-280 килэмиэтир киэр илгибиттэрэ. Бу үөрүүлээх күҥҥэ тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград куораты блокадаттан босхолообуттара, куоракка салют ыппыттара.

И.В. Сталин 1945 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи бирикээһинэн, Ленинградка Сталинграды, Севастополы, Одессаны кытары тэҥҥэ дьоруой-куорат аата иҥэриллибитэ.

 

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!!! Ленинград блокадатын 900 хонуктаах ыарахан кэмнэрэ эргиллибэтии сүттүннэр, куруук эйэлээх күөх халлаан турдун!!!