1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
470 views

Олохтоох автордар кинигэлэрэ

 

Улуу улуус Боотуруускай

Бу кинигэни Боотуруускай улуус төрүттэммитэ 375 сылыгар анаан, биир дойдулаахпыт, нэһилиэк ытык-мааны киһитэ, өр сылларга «Таатта», «Чурапчы» совхозтарга кылаабынай агрономунан, нэһилиэгэр отделение управляющайынан, КП директорынан, землеустроителинэн, баһылыгынан үлэлээбит, кэлин бочуоттаах сынньалаҥар олорон суруйар үлэнэн дьарыктанар Егор Павлович Слепцов 2013 сыллаахха таһааттарбыта.

Кинигэҕэ былыргы Саха уобалаһын салалтатын тутулун, уобалас биир саамай улахан, улуу улууһа Боотуруускай хаһан төрүттэммитин, улуус нэһилиэктэрин, төрүт аҕа уустарын, улууһу салайбыт кулубалар, кинээстэр, биллэр-көстөр дьоннорун уонна Амма, Таатта, Чурапчы улуустара хайдах тэриллибиттэрин туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран, үгүс сэдэх хаартыскаларга, Боотуруускай улуус сирин- дойдутун көрдөрөр каарталарга тирэҕирэн киһи сэргиир гына кэпсэнэр.Кинигэ Ытык-Күөлгэ «Таатта» хаһыат редакциятыгар бэчээттэммит. 2013 сыллаахха «Бэчээт тиэргэнэ» регионнар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бу кинигэ улуустар таһаарбыт кинигэлэрин ортотугар кыайыылааҕынан тахсыбыта.

Үлэтэ, үтүөтэ үйэлэргэ өлбөөдүйбэт

(Таатта улууһун бастакы быыбарынайа Василий Назарович Бургаев уонна кини ыччаттара)

Егор Павлович иккис кинигэтэ, кинигэни Василий Назарович Бургаев хос сиэнэ Вадим Аркадьевич Новиков көҕүлээһининэн таһаарыллыбыт. 2011 сыллаахха Ытык-Күөлгэ «Таатта» хаһыат редакциятыгар бэчээттэммит. Кинигэҕэ Таатта улууһа тэриллиитигэр элбэҕи үлэлээбит, дьонугар-сэргэтигэр үтүө эрэ өйдүбүлү хаалларбыт саха норуотун бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, улуус бастакы быыбарынайа «Бурҕаайап кулуба» диэн аатынан, үлэтин үгэнигэр сылдьан уонна кулаахтааһыҥҥа түбэһэн үгүс эрэйи көрбүт, олохтон барыар диэри кырдьыгын турууласпыт ытык киһибит Василий Назарович Бургаев эрэйдээх, чаҕылхай олоҕун уонна ыччаттарын туһунан кэпсэнэр.

Убаастыыр, ытыктыыр биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи Слепцов Егор Павлович, урукку өттүгэр буолан ааспыт историческай чахчылары архыып докумуоннарыттан булан суруйбут сүдү үлэлэрин, төрөөбүт дойдубут, биллиилээх дьонун туһунан элбэҕи кэпсиир, кинигэлэрин олохтоох библиотекаттан уларсан ааҕыҥ.