"Былатыан Ойуунускай айымньыларынан" тургутук
Навигация (только номера заданий)
0 из 10 заданий окончено
Вопросы:
- 1
- 2
- 3
- 4
- 5
- 6
- 7
- 8
- 9
- 10
Информация
Саха биллиилээх общественнай диэйэтэлэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист, Улуу убайбыт Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Былатыан Ойуунускай айымньыларынан» тургутук.
Вы уже проходили тест ранее. Вы не можете запустить его снова.
Тест загружается...
Вы должны войти или зарегистрироваться для того, чтобы начать тест.
Вы должны закончить следующие тесты, чтобы начать этот:
Результаты
Правильных ответов: 0 из 10
Ваше время:
Время вышло
Вы набрали 0 из 0 баллов (0)
Рубрики
- Нет рубрики 0%
- 1
- 2
- 3
- 4
- 5
- 6
- 7
- 8
- 9
- 10
- С ответом
- С отметкой о просмотре
-
Задание 1 из 10
1.
Сэтинньи ый сэттис киэһэтигэр диэри Чачыгыр Таас ойууну аҥардас көтөр-сүүрэр сүмэтин охсоннор силиитинэн аһаттылар, кытарах биэ кымыһынан утахтаатылар, ойууннара килэччи уойда.
Правильно
Неправильно
-
Задание 2 из 10
2.
Бүтүн Миидийэ бүтүннүү кутаа уотунан убайбыта, күн сырдыга көстүбэт хара буруо оргуйбута. Дьон хааныттан харааччы иирбит саллааттар оҕо буоллун, оҕонньор буоллун, ким түбэспити үҥүүгэ үөлэннэр кутаа уот ортотугар илгэннэр уот өрө күлүмнээн, өһөҕө оргуйан, дьон этэ баһыгырыы убайан, иҥиирдэрэ тардан…
Правильно
Неправильно
-
Задание 3 из 10
3.
Бассабыык Мэхээчэ, атыттан ойон түһээт, сүрдээхтик уйадыйан, сүрдээхтик абатыйан, атын төбөтүн биирдэ-иккитэ имэрийэ оҕуста: «Бырастыы, сүүрбүт атаҕым, көппүт кынатым! Бырастыы, эрэллээх доҕорум! Элбэх сырыыны сылдьыбыппыт, үгүс уоту көрбүппүт…
Правильно
Неправильно
-
Задание 4 из 10
4.
Өр, дуу, өтөр дуу буолан баран тураахха түбэһэ түстүлэр. Тураах, туттуоҕунан туттан, хонойуоҕунан хонойон баран, саамай үрдүк тиит төбөтүгэр олорор эбит.
Правильно
Неправильно
-
Задание 5 из 10
5.
Арай, былыр биир саха оҕото, ойох ылар сааһын сиппит оҕо, күһүн тыаҕа отоннуу сылдьыбыт. Уот сиэбит сиригэр түбэһэн — итиннэ тобулута түспүт, онно тобулута түспүт. Ол түһүтэлии сылдьан — күнэ кытар гынна, кулгааҕынан тыаһа курулаата, хараҕар-сирэйигэр, муннугар-уоһугар буор кутулунна.
Правильно
Неправильно
-
Задание 6 из 10
6.
Халамнаайы мууһугар кыракаан баҕайы уолчаан оҕо ойбон алларан, аньньыытын тыаһа курдурҕаан-чыбырҕаан, дьыбардаах халлааҥҥа иһиллэ турара.
Правильно
Неправильно
-
Задание 7 из 10
7.
Биир уоллаах, биир кыыстаах эрдии-ойохтуу бааллара эбитэ үһү. Саас маҥнайгы хааһы өлөрөннөр улахан дьоро киэһэ буолбут. Эрэ: «Эмээхсин, эн түгэт эрэ!» — диэбит. Ойоҕо: «Оҕонньоор, хаас улаххан булт буоллаҕа дии, эн бэйэҥ түгэт», — диэбит.
Правильно
Неправильно
-
Задание 8 из 10
8.
Норуот доруобуйатын хамыһаара Мэхээчэ: «Оспуора суох, үөрэх — улаххан дьыала. Ол оннугун оннук да, киһи буоллаҕа дии — төрүт күүс. Үлэһит кылаас икки, үлэһит бааһынай икки доруобуйатын тупсарбакка сэссийэлиисим саарыстыбатын кыайан тутуохпут суоҕа, диэн Лиэньин кэриэһин эппитэ. Онон норуот доруобуйатын ороскуота аччыыра төрүт сыттаммат», — диэтэ.
Правильно
Неправильно
-
Задание 9 из 10
9.
Биир кыһын Бэлэс уолугар, бэт киһи Бэтиэхэ Уйбааҥҥа, имии имиппитим. Кэки-куку киэһэ буолбута…Тар үөрэни чалыр-чулур кутаннар, үс сиринэн үүдээһиннээх үтүө иһитинэн, ур кытыйанан уруйдаабыттара, кирис-курус туттан, дьиэс-куос буолан, бор киһи быһыытынан боддурҕатан бараммын, таһылдьа тахсыбытым.
Правильно
Неправильно
-
Задание 10 из 10
10.
Уолаттар сарылаһа-сарылаһа сырыстылар. Ытаһа-ытаһа сырсан кэлэннэр, хомуньуус кулубатыгар, өрөбөлүүссүйэ хоруолугар, үлэһит кинээһигэр — Улуу Кэминтиэрин оҕонньорго: «Ийэбит, аҕабыт сиэри гыннылар, абыраа! — диэн үҥсүбүтүнэн бардылар. — Биһиги этэр тылбыт сыыһа буолуон сатаммат. Элиэнньин учууталы кытта бииргэ сылдьаммыт, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин оҥорбуппут, Мааркыс үөрэҕин Ылдьыыһы бэйэтин кытта бииргэ үөрэммиппит», — диэн тыл буолла…
Правильно
Неправильно