1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
258 views

Саҥа кинигэлэр

Айыы санаа Аанньала:  Наталия Дмитриевна Иванова үтүө аатыгар сүгүрүйэ: ахтыы кинигэ / хомуйан оҥордулар: Т.Е.Иванова, М.Д. Слепцова.- Дьокуускай : СӨ НБ БК, 2023. -208 с.

Бу ахтыы кинигэҕэ норуот эмчитэ, көрбүөччү, илбииһит, алгысчыт, түсчүт Наталия Дмитриевна Иванова туһунан араас кэмҥэ киниэхэ эмтэммит, бэйэлэрин суолларын тобулбут, көмөлөһүннэрбит саха дьонун санаата, ахтыылара, үгүс хаартыскалар түмүллэн киирдилэр. Манна айылҕаттан бэриллибит сүдү күүс дьиктитин, ураты дьоҕур күүстээҕин, алгыстаах тыл илбистээҕин. саха дьонугар-сэргэтигэр туһаны аҕаларын туһунан туох да омуннааһына, дарбатыыта, үллүннэриитэ суох кэпсэнэр.Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Удьуор кэрэ дьон / (хомуйан оҥордулар: П. Григорьев, И. Жерготова, Д. Осипов ; гл.ред. Е. Шишигин ).- Дьокуускай : Офсет, 2012.-194 с.

Кинигэҕэ Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгиттэн төрүттээх Григорьевтар удьуор кэрэ дьоннорун тустарынан кэпсэнэр. Таатта бастакы ветсанитара Павел Васильевич Григорьев- Сылбырҕа Байбал, Таатта улууһун бастакы агронома Николай Павлович Григорьев, Чөркөөх музейын бастакы сэбиэдиссэйэ, директора Людмила Николаевна Григорьева улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар, историяны, культураны үйэтитиигэ киллэрбит кылааттарын туһунан кэпсэнэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Наумов Дмитрий.

30 кэпсээн / Миитэрэй Наумов : [аан тылы суруйда Афанасий Гуринов- Арчылан].- Дьокуускай : П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай литература музейа, 2023.- 200 с.

Тыа киһитэ ынах-сылгы ииттэн, тулалыыр эйгэтин көтөрүн-сүүрэрин кытта алтыһан олорор. Кинилэргэ суох кини “кураанах өтөх иччитэ” буолуон баҕарбат. Ол урукку да, билиҥҥи да олох быстыспат сорҕото. Билиҥҥи  киһи аныгы олох эриирдээх ыйытыгар эппиэттээри саҥа суолу көрдүүр. Ол туһунан бу кинигэ 30 кэпсээнигэр кэпсэнэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар

Наумов Дмитрий.

Ааспыт үйэ оҕолоро, аныгы үйэ…оҕонньотторо : [кэпсээннэр] / Миитэрэй Наумов. — Дьокуускай : Дани-Алмас, 2023.- 216 с.

Ааптар бу кинигэтигэр тыа сирин олоҕун араас өрүттэрин көрдөрөр кэпсээннэр киирдилэр. Кинигэ аата да этэринэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана уонна ол кэннинээҕи сылларга төрөөбүт дьон сааһырбыт кэмнэрэ аныгы сайдыылаах үйэни кытта алтыһыыта итэҕэтиилээхтик ойууланар. Кинилэр күннээҕи олохторо иэйиилээхтик, ардыгар көрүдьүөстүк, эмиэ да сонньутардыы кэпсэнэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Охлопков Василий Васильевич.

Дьикти түбэлтэ: кэпсээннэр / Василий Охлопков.- Дьокуускай : Бичик, 2014.- 64 с.

Биллэрин курдук, уус-уран литература сүрүнэ- киһи өйүн-санаатын, иэйиитин, уйулҕатын, олоҕун мөккүөрүн көрдөрөр. Онуоха бу кэпсээннэр хас биирдии саха оҕото олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах, көҥүл өйдөөх-санаалаах буолуохтааҕын этэллэр. Ааптар айымньыларын дьоруойдара- үөрэнээччилэр, олоххо саҥа үктэммит эдэр дьон. Кэпсээннэр түмүктэрэ үчүгэйдик бүтэр буолан, сырдыкка, кэрэҕэ угуйаллар, сылаас тыыннаахтар.

 «Туойар күммүт дьэ туһаайда» (С.А. Зверев-Кыыл Уола репертуарыттан холобурдар) / Саха Респ. культураҕа м-та. Респ. норуот айымньытын Дьиэтэ. СГУ; Хомуйан оҥордо В.В.Илларионов.- Дьокуускай , 2000-80 с.

Уус- уран самодеятельность кыттыылаахтарыгар уонна төрүт культура учууталларыгар көмө кинигэ. Киирии ыстатыйатын суруйда уонна бэчээккэ бэлэмнээтэ Саха Республикатын культуратын туйгуна, ф.н.д. , СГУ профессора В.В.Илларионов.