СЭТИННЬИ ЫЙА – БАЙАНАЙ ЫЙА
Һук, Һук, Һук!
Дьолуону тосхойооччу
Баай Байанай эһэм,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
(Дабыл)
Ый бэлиэлэрэ
Таҥарата: Байанай.
Ойуута: ох.
Тыла: һук.
Суолтата: сатабыл, булуу-талыы.
Сүрүн туома: Байанайга сүгүрүйүү.
Мала: хойгуо.
Тыаһа: хобо
Үүнээйитэ: долохоно.
Көтөрө: улар.
Кыыла: киис.
Аһа: хаан.
Ый билгэтэ
2 – ыанньыйбыт былыт халлааны бүрүйдэҕинэ, кыһына ичигэс, оттон тымныйан бүрүйдэҕинэ, кыһына- тымныы.
8 – балык миинин курдук былытырдаҕына, тымныы кэлэр. Былытырдаҕына – кыһын итийэр, хаардаатаҕына – саас хойутуур. Идэһэ сүөһү өлөрүллэр.
12 — ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ мустар. Туллук тэлгэһэҕэ түһэн, от сыатын сиир.
15 — өрүскэ муус халыҥа 40-45 см буолан, чэпчэки уйуктаах массыынаҕа суол аһыллар.
21 – сис былыт, оччоҕо ахсынньы 19 диэри ичигэс.
22 – ый туолуута. Былытырдаҕына, ахсынньы 4-гэр диэри ичигэс. Дьүкээбил уоттаннаҕына, былыт (ичигэс) кэлэр.
28 – сис былыттаах буоллаҕына, халлаан итийэр, от-мас кырыаран ылыа.
29 – үчүгэй күн – үтүө кыһыҥҥа, куһаҕан күн-куһаҕан кыһыҥҥа.
Сэтинньи – айан суола туруута.
Хаар халыҥнык тустэҕинэ, сылаас кыһын буолар.
Куобах этэ сыалаах буоллаҕына – кыһына тымныы.
Илинтэн тыалырдаҕына — былыт кэлэр, халлаан сылыйар.
Бэлиэ күннэр
08.11 – Миитэрэйэп. Миитэрэйэпкэ Дьыл оҕуһун биир муоһа үүнэр, тымныы буолар.
11.11 – уһулуччулаах общественнай политическай деятель, саха советскай литературатын төрүттээччи, филолог П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ (1893-1939).
14.11 – Саха литературатын төрүттэччилэриттэн биирдэстэрэ, общественнай политическай деятель Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ (1886-1935).
22.11 – Народнай суруйааччы, общественнай деятель Н.Г. Золотарев – Николай Якутскай төрөөбүтэ (1908-1998).
25.11- Олоҥхо күнэ.
30.11-Хомус күнэ