1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
381 views

Турнин Лука Николаевич төрөөбүтэ 105 сыла.

 

Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, хомусчут, хотугу норуоттар культураларын тарҕатааччы Лука Николаевич Турнин төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах «Хомус дьүрүскэн дорҕооно» өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон айарга куонкурус түмүгэ.

Тэрийээччилэр:
Таатта улууһун «Тыараһа нэһилиэгэ» МТ,
Кыйы олохтоох библиотеката,
Кыйытааҕы “Хардыы” литературнай түмсүү.
⚜️ Сыала-соруга:
— хомуһу тилиннэрээччи, искусство таһымыгар таһаарааччы, ырыаһыт, ырыа айааччы, сценарист, режиссер, мелодист, оһуохайдьыт, чинчийээччи Лука Николаевич Турнин аатын үйэтитии;
— төрөөбүт тылынан суруйууга айар дьоҕуру көҕүлээһин;
— саҥа талааннары уонна айымньылары арыйыы;
Өрөспүүбүлүкэбит 11 улууһуттан (Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Томпо, Өймөкөөн, Горнай, Кэбээйи, Бүлүү, Сунтаар, Ньурба, Таатта) уонна Дьокуускайтан барыта 52 киһи, ол иһигэр Таатта улууһун Туора Күөл уонна Игидэй орто оскуолаларын 11 кылаастарын 6 үөрэнээччитэ бэйэлэрэ айбыт хоһооннорунан кыттыыны ыллылар. Лука Турнинҥа 10 анабыл хоһоон уонна 42 хомус туһунан хоһоон киирдилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
1. Колодезникова Ирина Афанасьевна — Ымыы хоһоонньут, СӨ суруйааччыларын сойууһун уонна норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар сойуустарын холбоһугун чилиэнэ.
2. Турнина Нина Ивановна — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Тыараһа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Тыараһатааҕы коррекционнай оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала.
3. Кычкина Сардаана Трифоновна — Тааттатааҕы киин библиотека методиһа.
Хомус туһунан хоһоон айыытыгар кыайыылаахтар:
1 үрдэл- Филатова Елена Афанасьевна — Сыгыйык, Таатта улууһа, Чөркөөх, «Хомус» хоһоон.
2 үрдэл:- Константинов Семен Иванович — Таас Уола Сэмэн. Томпо улууһа, Кириэс-Халдьаайы, «Хомус — саха олоҕор» хоһоон.
3 үрдэл- Бурнашев Николай Николаевич — Куола Уола, Дьокуускай куорат, «Хомус» хоһоон.
Лука Турниҥҥа анабыл хоһоон айыытыгар кыайыылаахтар:
1 үрдэл- Хон Вячеслав Иванович — Дьокуускай куорат.
2 үрдэл- Андросова Сардаана Прокопьевна — Дьөҥкүчээнэ, Таатта улууһа, Ытык-Күөл.
3 үрдэл- Протопопов Дмитрий Юрьевич Таатта улууһа, Тыараһа.
«Кэскиллээх айааччы» анал ааттар ананнылар:
1. Аида Степановаҕа — Таатта улууһа, Игидэй орто оскуолатын 11 кыл. үөрэнээччитигэр.
2. Таатта улууһун Туора Күөл орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр:
1. Сергей Порядиҥҥа — 11 кыл. үөрэнээччитигэр
2. Стасианна Захароваҕа -11 кыл. үөрэнээччитигэр
3. Ангелина Евграфоваҕа -11 кыл. үөрэнээччитигэр.
4. Дайаана Туласыноваҕа — 11 кыл. үөрэнээччитигэр.
Салайааччы Лилианна Эрнстовна Егорова.
Тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут
Л.Н. Турнин аймахтарыгар, «Тыараһа нэһилиэгэ» МТ баһылыгар Прокопий Прокопьевич Турниҥҥа, Таатта улууһун нэһилиэктэрин библиотекардарыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ уонна бары хоһоон күрэҕэр кыттыбыттарга махталбытын тиэрдэбит.
Үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиини, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт!