Алтынньы 22 күнүгэр Тыараһа кыраайы үөрэтээччилэрин көҕүлээһиннэринэн Тыараһа аҕа ууһуттан төрүттээх Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга, дьоно- сэргэтэ история чахчыларыгар олоҕуран төрдү-ууһу ырыта, кэпсэтэ, уопутун атастаһа кэлэ сырыттылар. Ыалдьыттары нэһилиэкпит баһылыга П.П.Турнин, кыраайы үөрэтээччилэр С.Н. Собакина, У.В. Матвеева, С.Ф. Кладкин, Е.П. Слепцов Өксөкүлээх Өлөксөй скверыгар көрүстүлэр. Кэлбит ыалдьыттарбыт харыйа лабааларынан оҥоһуллубут гирлянда уонна тыыннаах гвоздика дьөрбөтүн уурдулар, хаартыскаҕа түстүлэр. Онтон салгыы «Алгыс» сынньалаҥ киинигэр төгүрүк остуол тула олорон хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин, тоҕо бу икки нэһилиэк Тыараһа диэн ааттаммытын, туох сибээстээхтэрин тула ырытыы, кэпсэтии ыытылынна. Төгүрүк остуолу кулууп директора А.А.Сабарайкина иилээн-саҕалаан ыытта. Икки өттүттэн нэһилиэк баһылыктара П.П. Турнин, И. П. Зыков нэһилиэктэрин билиһиннэрдилэр, хардарыта кинигэ бэлэхтэстилэр. Биһиги кыраайы үөрэтээччилэрбит У.В. Матвеева, Е. П. Слепцов, С.Ф. Кладкин, С.Т. Собакин, бэйэлэрин дойдуларын туһунан архыып докумуоннарыгар, норуот үһүйээннэригэр олоҕуран киэҥник ырытан кэпсээтилэр. С.Н.Собакина Н.Н. Жерготов куорат архыыбыттан Тыараһа нэһилиэгин туһунан булбут матырыйаалларын ааҕан иһитиннэрдэ. Ол кэнниттэн Хаптаҕай Тыараһалара 1910 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн араарыллан докумуонунан бигэргэнэн Наахара сиригэр кииннээх саҥа Тыараһа үөскээбитин, кинилэр өбүгэлэрэ » Тыастаах Тыараһаларбыт» диэн ааттаналларын кэпсээтилэр, билигин бөдөҥсүтүү кэмигэр Хаптаҕайга көспүттэрин, ол эрээри Тыараһаларын ааттарын умнубакка кинилэр сыдьааннара кэлэннэр төрүччүлэрин кэпсээтилэр, нэһилиэккэ аҕалбыт кинигэлэрин туттартаатылар. Кинилэр салайааччылара Антонина Семеновна Суходольская краеведтарга С.Кладкиҥҥа, Е.П. Слепцовка анал кинигэлэри бэлэх уунна. Ити курдук икки өттүттэн «Тыастаах. Тыараһалар»олус астына кэпсэтэн, санаа атастаһан салгыы бииргэ үлэлииргэ, нэһилиэгинэн хардарыта билсэ олорорго сүбэлэҥ түһэристилэр.