1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
786 views

Тыараһа нэһилиэгин Герой Ийэлэрэ

 

 

Можарова (Беляева) Елена Ивановна

(1928-1987)

1928 с. Чурапчы оройуонун Түөйэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Кыра сааһыгар тулаайах хаалан Мындаҕаайы детдомугар иитиллибитэ. Можаров Николай Николаевичтыын -I ыал буолан 11 оҕоломмуттара .

Наҕараадалара: «Дьоруой Ийэ»- уордьан,»Ийэ Албан аата» 1,2,3 степэнэ уордьаннар, «Ийэ буолуу» 1,2 степэнэ.

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ, Бочуоттаах грамоталара, Махтал суруктара.

 

Новгородова Анастасия Яковлевна

(25.01.1929-05.10.2006)

1929 с. Тыараһа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1951 с. Чурапчы педучилищетын үөрэнэн бүтэрбитэ. 30 сыл устата учууталынан үлэлээбитэ. Үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ-иитиигэ олоҕун анаабыта. Новгородов Егор Дмитриевичтыын ыал буолан 11 оҕоломмуттара. Дьоруой Ийэ, үгүс сиэннээх, хос хос сиэннэрдээх.

Наҕараадалара: «Дьоруой Ийэ» бочуоттаах аат. «Ийэ Албан аата» 1,2,3 степэннэрдээх уордьаннар, «Ийэ буолуу» 1,2 степэннэрэ.

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрэ, Бочуоттаах грамоталара,                                                                  Махтал суруктара.

 

 

Захарова (Литвинцева) Анна Ивановна.

(1933-1980)

1933 с Туора- Күөлгэ төрөөбүтэ.Литвинцев Петр Максимовичтыын ыал буолан 10 оҕоломмуттара. Үлэ тыыл бэтэрээнэ. Дьоруой Ийэ.

Наҕараадалара: «1941-1945 сс. А5а дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ», «Улуу Кыайыы» 30,40 сс. мэтээллэр. «Ийэ Албан аата» 1,2,3 степэнэ уордьаннар. «Ийэ буолуу»                                                            1,2 степэнэ.

 

 

Попова (Толстякова) Марфа Кирилловна.

(01.01. 1938- 27.07. 2019)

1938 с. Тыараһа нэһилиэгин Даайа-Амматыгар төрөөбүтэ. Попов Василий Павловичтыын холбоһон 12 оҕоломмуттара.

Наҕараадалара: «Дьоруой Ийэ» бочуоттаах аат, «Ийэ Албан аата» 1,2,3 степэнэ уордьаннар, «Ийэ буолуу» 1,2 степэнэ.

 

 

 

 

Романова Мария Васильевна.

(25.03. 1939-07.04.2015)

1939 с. Тыараһа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Романов Федот Гаврильевичтыын 10 оҕолонон Герой Ийэ үрдүк аатын сүкпүтэ.

Наҕараадалара: «Дьоруой Ийэ» бочуоттаах аат, «Ийэ Албан аата» 1,2,3 степэнэ уордьаннар, «Ийэ буолуу» 1,2 степэнэ.

 

 

 

 

Игнатьева Кристина Анатольевна.

1981 с. муус устар 4 күнүгэр Верхоянскайга төрөөбүтэ. Бухгалтер үөрэхтээх. 2004 сыллаахха Игнатьев Михаил Ивановичтыын ыал буолбуттара. 10 оҕолоохтор.

Наҕараадалара: «Ийэ Албан аат» 1 степэнэ.