СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт Ирина Афанасьевна Колодезникова- Ымыы аатынан «Ымыылаах хоһооннор» СР Суруйааччыларын сойууһун өйөбүлүнэн ыытыллыбыт хоһоон айааччылар онлайн күрэһин кыайыылаахтарын хоһооннорун ааҕаргытыгар, сэҥээрэргитигэр . Күрэскэ уопсайа республикабыт 14 улууһуттан, 29 хоһоон айааччылар кыттыыны ыллылар.
1 миэстэ.
Еремеев Василий Васильевич, Сунтаар улууҺа. Сунтаар нэһ. 58 саастаах.
Кырдьаҕас сүбэтэ.
Күн тахсар кэрэтэ, айылҕа сиккиэрэ
Киирэр күн киэргэлэ, ол нуурал киэһэтэ,
Күлүмнэс күннэргэ, бу сиргэ биир эрэ
Кылгаһыан олохпут, ыалдьыттыыр түгэнэ.
Кырдьары тумнубут, олоххо ким да суох,
Күнүскү күннэри тохтотор кыах да суох,
Киэһэбит дьэ син биир, кэмигэр кэлиэҕэ,
Кэннигэр хаалларар хаардарбыт үксүөҕэ.
Көҥүллүк олоруҥ, дуоһуйа бу сиргэ,
Көрсүһүҥ тапталы сып-сылаас сүрэххэ,
Киһиэхэ бу олох дьэ биирдэ бэриллэр,
Кэнники дьылҕабыт ол онно тиһиллэр.
Кырдьаҕас көлүөнэ ол оннук этэрэ,
Кэмсиммэт инниттэн сырдыгы түстүүрэ,
Кэнчээри ыччатын үтүөҕэ сирдиирэ,
Кэлэр кэм олоҕун кэрэтик симиирэ.
2 миэстэ.
Пахомов Николай Иванович. Дьокуускай к. 71 саастаах.
Көттүм…санаабын ситэрдим.
Тоҕо мин кыната суохпунуй,
Анаммыт олохпор туохпунуй?
Сыыллаары бу сиргэ кэлбиппин,
Ол курдук дьылҕалаах эбиппин.
Ама дуу, хаһан да көппөккө,
Үрдүктэн сир ньуурун көрбөккө
Үйэбин үнүөхтээн моҕуоҕум,
Хараҕым ууларын тоҕуоҕум.
Эбэтэр кынакка ымсыыран,
Сыҥаахпын ыбылы ытыран,
Хайаттан таҥнары ыстаныам,
Анараа дойдуга аттаныам.
Ол ыарык дьылҕаттан салламмын,
Санаабар итэҕэл буламмын,
Мин күүстээх туругу туппутум,
Уйулҕам куттаһын соппутум.
Ис куппар эрэли бүөбэйдээн,
Иринньэх санааны түүрэйдээн,
Эйгэлиин эйэҕэ киирбитим,
Сүдү күүс кистэлин билбитим.
Уһугар мин кынат ылбытым,
Көтүтэр ыраны талбытым,
Киниэхэ олорсон дайбытым,
Бастакы хоһооммун айбытым.
Билигин талбаара көтөбүн,
Куйаартан кэрэни көрөбүн
Өйбүнэн чыпчаалга ыттабын,
Айар кут ыһыаҕар кыттабын.
3 миэстэ.
Тимофеев Николай Васильевич- Куола Тылгыны. Бүлүү улууһа. Тылгыны нэһ. 64 саастаах.
Күһүҥҥү былыттар.
Халлааным хаттыгас, былыта халыйан
Ханыылыы сүксэннэр ханналаан иһэллэр?
Хараҥа сабардаан, барыга барыйан
Хаҕыс тыал үрэрин, ол хоту кэлэллэр.
Киҥкиниир киэҥ куйаар киэлитин хаххалаан
Күөнүнэн күөнтэһэн, баарыстыы тиириллэр,
Күкээрбит дьүһүнэ баттыахтык баһылаан
Күлүктүүр барыны, күрэҥэ эбиллэр.
Таммаҕа сыыйыллан ситэри ситимниир
Тамаҕа сиигирэн сирдэрин силимниир,
Тамалҕан талахпыт утаҕын ханнарар
Там гынан табыллан, таһаатын тупсарар.
Куурбут сир курулас, куугунуур ардахтан
Куураайы сирдэрэ илийэн тиллиннэ,
Куоһаахха халыйбыт, ууламмыт аҥхайтан
Көппүт ол тумана, сиик буолан симэннэ.
Былыты быыһынан күндээрэн күн көрүө
Балаһа тыал түһэн, бысталыы үрэйиэ,
Бары барыта тиллэргэ тиэтэйиэ
Бараммат сырдыктан дуоһуйан, дьэ үөрүө.
Анал ааттар:
- Васильев Иннокентий Филиппович- Тэгэ. Бүлүү улууһа. 1 Күүлэт нэһ. 69 саастаах.
Ойуунускайга.
Харалла дуомнаммыт
Хараҥа сиргиттэн
Хатан уот хараҕыҥ
Халлааны одуулуур.
Оҥоһууҥ аналыҥ
Отойун атынын
Хоһоонуҥ, хоһуйууҥ
Хобото хобулуур.
Былаайах оннугар
Бичиктиир тутаҥҥын
Үрүҥнүүр илииһи
Үлбүйэ үүннүүрүҥ.
Дүҥүрүҥ оннугар
Дыргыабай илииһи
Даҕайа, дапсыйа
Дыыгынас тыынныырыҥ.
Тойугун оннугар
Тыллары тыыннааҥҥын
Тыалырдан таһаара
Тускуну түстүүрүҥ.
Биллибэт эн ииҥҥин
Билигин булларбын
Бодолоох буор куккар
Бокуйан тураммын.
Иҥиэттэр иччилээх
Илбистээх иэйиигин
Ииҥҥиттэн иһиллээн
Иһийэ имийиэм…
2. Протопопов Дмитрий Юрьевич. Таатта улууһа. Кыйы сэл. 33 саастаах.
Мин баайым…
Мин баайым эн сүрэххин баайар,
Уот уматар, дууһаҕын таарыйар.
Мин баайым эн хараххар көстүбэт-
Ыһылла сытан күлүмүрдээбэт…
Мин баайым кырдьык буолар,
Сөп тылынан олоххун уоскутар.
Мин баайым сипсийэр истиҥи-
Чуумпу түүҥҥэ дьолу тэҥнии…
Мин баайым эн тыын ыларгар,
Күүс буолар самнан сытаргар.
Мин баайым эн миэхэ эрэлгэр-
Аттыбар олорон итэҕэйэргэр…
Мин баайым тыл, мин баайым эн,
Мин баайбын дьоннуун кэпсэтэн.
Мин баайым ураты сорохтортон-
Мин баайбын үтүөнү оҥорон…