1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
203 views

«Өбүгэбит сирэ Даркылаах» кинигэ биһирэмэ

Ытыктабыллаах Даркылаахтан төрүттээх дьоммут-сэргэбит, бу дьыл бэс ыйын 24 күнүгэр «Өбүгэ сирэ Даркылаах» кинигэбит биһирэмигэр ыҥырабыт!

Ыытыллар сирэ Тыараһа нэһилиэгэ, Кыйы бөһүөлэгэ.

1. Сарсыарда 10 чаастан «Алгыс» н.а.дь. мустуу.

2. Ытык сирбитигэр Даркылаахха бэлиэ туруоруу.

3. «Өбүгэ сирэ Даркылаах» кинигэ биһирэмэ. Ыытыллар сирэ («Алгыс» н.а.дь)

4. Уран тарбахтаахтарбыт, айар-суруйар талааннаахтарбыт быыстапкалара.

Бары биирдэ аһыыр астаах, иһиттээх үөрүү-көтүү аргыстаах, ахтылҕан ахтыылаах, кэлэн көхтөөх кыттыыны ыларгытын күүтэбит

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️

Тэрийэр бөлөх