1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
574 views

Нэһилиэкпит үлэһит дьоно

Бу сыл, бэс ыйыгар «Таатта» хаһыакка тахсыбыт билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, биһиги нэһилиэкпит биир саамай көхтөөх эбээтэ, ийэтэ Ольга Михайловна Соловьева туһунан олохтоох корреспондент Лексекуна Татьяна Михайловна бэчээттэппит «Урут уонна билигин» диэн ыстатыйатын ааҕаргытыгар. 

Урут уонна билигин

Сэрии кэминээҕи көлүөнэ, билиҥҥи биһиги олохпутугар чахчы да холобур буолар дьон.
Кинилэрдиин кэпсэтэр олус умсугутуулаах, интэриэһинэй. Кинилэр оонньооботох оҕо саастарын, туох баарынан аһаан, таҥнан сылдьыбыттарын, туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбатахтарын, ол да иһин кэнники олоххо, үлэҕэ куруук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыттарын, биһиги ытыгылыы истэбит.
Игнатьев Михаил Николаевич (кинини дьон тоҕо эрэ Нуучча Мэхээлэ диэн ааттыыллара) уонна Белина Екатерина Михайловна сэрии эрэ иннинэ холбоһон ыал буолбуттара. Эдэркээн сылгыһыт уол уонна ыанньыксыт кыыс аан-бастаан ханна көрсүбүттэрин билигин туох билиэй…
Кинигэҕэ сурулларын курдук, сайын ыһыахха эбитэ дуу… күһүҥҥү муҥхаҕа эбитэ дуу…
Эдэр ыалларга эрдэ 4 уол оҕо төрөөн төннүбүт. Сэрии, аас-туор кэмнэргэ төһөлөөх элбэх оҕо оннук төннөр төлкөллөммүтүн ааҕан сиппэккин.
Дьэ онтон сэрии бүтэр сылыгар, 1945 с. бастакы кыыс оҕолоро Ольга күн сирин көрбүтэ. Оччолорго икки хараҥаны силбээн үлэлии сылдьар төрөппүттэр дьоллоругар Ольга кыыс муннугар тумуу киирбэккэ улаатан испитэ. Кини кэнниттэн, олох тупсан барбытын туоһулаан 4 кыыс оҕо төрөөбүтэ. Билигин 77 саастаах Ольга Михайловна аан-бастаан оскуолаҕа барбытын күлэ, сонньуйа кэпсиир. Бастакы учуутала Сунхалыров Михаил Федотович эбит. Игнатьевтар ыал кыыстарын оскуолаҕа ыытар бэлэмэ суох олордохторуна, михаил Федотович көтөн түһэн “Эһиги кыыскыт, оскуолаҕа киирэр сааһын туолбут, сарсын оскуолаҕа илдьиҥ” – диэбит. Оҕо барахсан оскуолаҕа үөрэнэ барарын истэн, үөрэн өрө көтө түспүт. Аны оскуолаҕа тэринэн барар таҥаһа да , туга да суох буолан биэрбит. Эгэ, харандаас, тэтэрээт кэлиэ дуо? Ол да буоллар сэнэх этэрбэһин, сиидэс ырбаахытын кэтэн оскуола боруогун атыллаабыт. Абааһылаах 4 кылаастаах оскуолатыгар Ольга тэҥнээхтэриттэн хаалсыбакка үөрэммитэ. Онтон салгыы Чөркөөххө 5-с кылааска үөрэнэ барбыта. Аҕата кинини, Чөркөөххө бэйэтин курдук сылгыһыт Сэмэн Филатовтаахха дьиэлээбитэ. Оччолорго билигин курдук төлөһөр харчы суоҕа. Дьоно кыра эт, ис өйүөлээн ыыталларын, буһарынан аһыыра. Онтон дьэ 7-с кылаастан интернакка ылыллан, коллективка иитиллэр дьолун билбитэ. Онно 11-с кылааһы бүтэриэр диэри, комсомолга киирэн, араас тэрээһиннэргэ аҥар кырыытыттан кыттан, үөлээннэхтэригэр тылын-өһүн тиэрдэр, убаастанар киһи буолан тахсыбыта. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар сайын аайы от звенотугар поварынан үлэлээбитэ. Ийэлээх аҕалара бастаан бөһүөлэк арҕаа баһыгар олорон баран, кэлин Бэрэ кэрэ кырдалыгар дьиэ-уот туттан олохсуйбуттара. Олох көммүтэ, кыргыттар утуу-субуу улааппыттара. Дьиэҕэ-уокка, уопсай да үлэҕэ кимҥэ да сирдэрбэт дьон буолбуттара.
Ольга кыыс орто оскуоланы бүтэрэрн, фермаҕа үлэлии-тахсыбыта. Оччолорго оннук бачыым өйөнөн, ыччат барыта 2 сыл үлэлээн баран үөрэххэ барара. Бу фермаҕа үлэлиир сылларыгар, комсомольскай тэрилтэ секретарынан талыллыбыта. Ол кэмҥэ Мордовская Вера Лукинична библиотекарь этэ. Үлэтигэр бэриниилээх, киэҥ билиилээх Вера Лукинична комсомоллары библиотека үлэтигэр киэҥник тардара. Комсомоллар кыстык, сайылык фермаларынан кыһыл муннук оҥорсоллоро, агитбригада тэрийэллэрэ. Күүрээннээх үлэ сылларыгар, комсомол секретара Ольга Игнатьева комсомол уобаластааҕы конференциятыгар, Таатта комсомолецтарын делегациятыгар киирэн, Дьокуускайга барсыбыта. Күнүһүн мунньах, киэһэтин театрга, араас тэрээһиннэргэ сылдьаллара. Бүтүн уобалас эдэр ыччаттарын кытта сылдьыбыт ол күлүмнэс күннэр умнуллубаттар. Онтон аны Майаҕа, бүтүн республика ыччатын семинарыгар кыттыбыта. Онно бүтүн нэдиэлэни быһа оччотооҕу эдэр дьон күүрээнигэр кыттыбыта үчүгэй да этэ…
Дакылаат бөҕөнү истэн, билиитигэр билии эбинэн, саҥа доҕоттордуун билсэн-көрсөн, ырыа-тойук аргыстанан, сайдан дойдутун булбута. Семинар бүтүүтэ, кыттааччылар бары факеллаах хаамсыбыттарын, Ольга Михайловна бүгүн да умнубат.
Комсомол авторитета туохтааҕар да үрдүктүк тутуллара. Ылыныллыбыт уураах,ыйаах хайаан да толоруллара. Совхоз киинэ Харбалаахха эрдэҕинэ, комсомоллар отчуоттуур-быыбардыыр мунньахха самосвал массыына кузовыгар айанныыллара. Ким да «тоҥнум»- диэбэт, барыта үөрүү-көтүү, ырыа, эдэр сүрэх күүрээнэ…
Ольга Михайловна салгыы үөрэммитэ буоллар, оччотооҕу кэм биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолуо хааллаҕа. Ол кэмҥэ детсадка сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар Голикова Наталья Васильевна эдэр, үлэһит кыыһы бэлиэтии көрөн, үлэҕэ ыҥырбыта. Ол кэмҥэ детсадка анал үөрэхтээх истээччи диэн суоҕа Ольга Михайловна оннук сылдьан эрэ, детсад иитээччитэ буолан хаалбыта. Манна да үлэҕэ орой төбөтүнэн түһүү этэ. Эргэ электростанция дьиэтин көтүрэн аҕалан, детсад оҥостубуттара. Ол даҥа, кунуһа, түннүгүн, аанын олордуута, барытын детсад үлэһиттэрэ толороллоро. Ас астыыр сирдиин 11 оһох оттуллара. Ол оһохтору сайын аайы кирпииччэ үктээн, детсад үлэһиттэрэ бэйэлэрэ эрэмиэннииллэрэКэнники анал үөрэхтээх иитээччилэр кэлбиттэригэр, Ольга Михайловна нээньэҕэ көһөн биэрбитэ. Тапталлаах детсадыгар барыта лоп курдук 30 сыл үлэлээбитэ. Оҕону иитиигэ хас да сэбиэдиссэйи, үгүс көлүөнэ үлэһиттэри кытта үлэ үөрүүтүн, түбүгүн үллэстибитэ. Кини туох да хара үлэттэн саҕалаан, барытыгар түсүһэн иһэр итиэннэ тиһэҕэр тиэрдиһэн тэйэр идэлээҕэ. Итинник үлэлииргэ үгүстэри үөрэппитэ, уһуйбута. Субботник буоллун, эримиэн буоллун, сайын оттооһуҥҥа көмө буоллун детсад коллектива сөҕүмэр үлэни көрдөрөрө. Ити үтүө үгэскэ кубулуйбута. Дьэ онуоха бу Ольга Михайловна курдук үлэһиттэр холобур буолаллара.
Билигин Ольга Михайловна тус олоҕор төннөн ылыаҕыҥ. Кини төрөппүттэрэ 5 кыыһы төрөтөн сүһүөхтэригэр туруорбуттара. Ольга кэнниттэн Анна иистэнньэҥ идэлэнэн, Ытык-Күөлгэ быткомбинакка өр сылларга үлэлээбитэ. Кэлин дойдутугар кэлэн детсадка үлэлээбитэ. Кэтэхтэн үөрэнэн иитээччи идэтин ылбыта. «СР үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Кини аннынан Варвара олох эдэр сааһыттан ыанньыксыт идэтигэр миккиллибитэ. Ханнык да салалтаны мыыннарбат бастыҥ үлэһит этэ. Бэйэни харыстаммат үлэттэн тымныйан эрдэ үйэлэммитэ…
Онтон Мотрена эмиэ фермаҕа үлэлээн баран, кэлин наар интернат оскуолаҕа тех. Үлэһитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн, сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кыра кыыс Катя ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, бухгалтер идэтигэр үөрэммитэ. Эдьиийдэрин курдук туппутун ыһыктыбат кыыс, 40-тан тахса сыл бу идэҕэ үлэлээтэ. Ытыллыбыт ох курдук көнө суолунан айаннаан, оннук чиэстээхтик үлэлээн, кини бочуоттаах сынньалаҥ боруогун атыллаата. Мэхээлэлээх Кэтириис кыргыттара бары олохторун сабырыйар өттүн,үлэҕэ-хамнаска анаатылар. Ольга Михайловна 1970 сыллаахха ыал буолбута. Бэрэҕэ биир томторго олорор Билиип кыыһа Боккуойа диэн аҥардас, огдообо дьахтар баара. Кини Ыстапаан диэн суоппар уоллааҕа Ыстапааннаах Ольга эдэр дьон кэлэ-бара сылдьан, сөбүлэһэ көрсөн, дьылҕа хаан ыйааҕынан холбоһон, Соловьевтар диэн ыал үөскээбитэ. Соловьевтар икки кыыс, үс уол оҕоломмуттара. Оҕолор билигин ыал дьон буолан, сиэн бөҕөнү бэлэхтээтилэр. Ыстапаан эдэр эрдэҕиттэн суоппардаан, массыына уруулуттан илиитин араарбатах киһи этэ…
Сааһыран баран ыарытыйар буолбута. 80 сааһын туолбакка сылдьан олохтон барбыта… Ольга Михайловна билигин оҕолорун, сиэннэрин кытта олорор. Нэһилиэккэ урут сэбиэтинэн үлэлээбит М.П Сабарайкина «Үһүс көлүөнэ оскуолата» диэни тэрийбитэ. Онно нэһилиэк пенсионердарын араас хайысханан хабан, элбэх түмсүү тэриллибитэ. Иис, ырыа, үҥкүү, ас астааһына уо.д.а. Ольга Михайловна онтон иис түмсүүтүгэр сөбүлээн сылдьар. Онно бастаан Матвеева У.В.салалтатынан оҕуруонан дьарыктаммыттара. Онтон Игнатьева Е.Н. салайан “Дьулуруйар Ньургун Боотур» -диэн сүрдээх улахан панно тигэн, детсадка бэлэхтээбиттэрэ. Итинтэн салгыы биир дойдулаахпыт С.И.Собакин –Сэмэтээй олоҥхотун Сэттэ персонаһыгар сэттэ аҥы панно тигиллибитэ. Ону начальнай оскуолаҕа бэлэх ууммуттара. Билигин бу иискэ дьарыгы, пенсияҕа олорор учуутал Чемпина Е.Н. салайар.Биһиги нэһилиэкпит биир саамай көхтөөх эбэтэ, ийэтэ Ольга Михайловна итинник түмсүүлэргэ эмиэ инники күөҥҥэ сылдьар киһи. Биирдэ бэриллэр олоххо, бүгэн хаалбакка олох үөһүгэр сылдьан, кэлин кэмсиммэт, хойут хомойбот олоҕу ордорор, саастаах көлүөнэ биир бастыҥ бэрэстэбиитэлэ Ольга Михайловна Соловьева туһунан кэпсээним манан түмүктэнэр.
Бу сиргэ букатын кэлбит суох. Сааһырбыт көлүөнэ дьон барахсаттары саастарын баттаһа, биир биир сырдатан иһэр буоллар. Эдэр көлүөнэҕэ кэрэ кэпсэл буолар олоҕу кинилэр олордохторо, үлэни кинилэр үлэлээтэхтэрэ!
Татьяна Лексекуна. Тыараһа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *