Тыараһа уулуссалара кимнээх ааттарын сүгэллэрий?
2009 сыллаахха Таатта улууһун баһылыга М.А.Протодьяконов ыҥырыытын өйөөн , олорор сирбит кэрэ көстүүлээх, бэрээдэктээх аныгы оҥоһуулаах буоларын туһугар уулуссалары нүөмэрдээн анал ааттары биэрбиттэрэ. Төрөөбүт түөлбэлэрин иһин үлэлээбит-хамсаабыт дьоммут ааттарын үйэтитэр сыалтан, кэнчээри ыччат холобур оҥостуо, киэн туттуо диэн түөлбэ уулуссаларыгар киэн туттар дьоммут ааттара иҥэриллибиттэрэ. Олор кимнээхтэрий?
Матвей Николаевич Турнин.
Нэһилиэкпит саамай киин уулуссата Матвей Николаевич Турнин аатынан буолар.
Матвей Николаевич Турнин 1903 с. от ыйын 15 күнүгэр Тыараһа нэһилиэгэр, дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини Чөркөөх оскуолатыгар үөрэммитэ. Үөрэнэ сылдьан комсомолга киирбитэ. Партизан, Кыһыл Армия байыаһа Матвей Турнин советскай былаас бөҕөргүүрүн иһин үрүҥ баанданы утары саа-саадах тутан хорсуннук охсуспута. Гражданскай сэрии кэнниттэн 1926 сыл алтынньыга Тыараһа нэһилиэгин исполкомун председатэлинэн быыбардаммыта. Бастакы колхозтары тэрийиигэ, нэһилиэги үөрэхтээһиҥҥэ биир бастыҥ салайааччынан «Күөдүй» колхозка председатэлинэн талыллан үлэлиир. Бу колхоз бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыба буолбута. 1941 сыл Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Матвей Турнин 1942 сыллаахха немецкэй фашизмы урусхаллааһыҥҥа саа-саадах тутан суостаах сэриигэ киирсибитэ.1944 сыллаахха муус устар 6 күнүгэр Ворошиловградка кыргыһыы хонуутугар хорсуннук охсуһа сылдьан өлбүтэ. Ити курдук кыһыл буойун, салайааччы, Матвей Николаевич Турнин олоҕун, үлэтин бүтүннүүтүн партия уонна норуот иһин биэрбит үтүө киһи этэ. Бу уулуссаҕа коррекционнай интернат-оскуола, орто оскуола, администрация, чааһынай маҕаһыыннар бааллар.
Василий Кириллович Сабарайкин.
Иккис улахан уулуссанан Василий Кириллович Сабарайкин аатын сүгэр уулусса буолар. Василий Кириллович 1900 с. 10 оҕолоох тыа бааһынайын кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1931 с. тылланан булчут буолбута. Ударник булчут бочуоттаах аатын ылары ситиһэн, барыта уонча сыл хайыһар үрдүттэн түспэккэ сыраласпыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буоларын чугаһыгар Василий Кирилловиһы колхоз салалтатыгар талан биригэдьиирдэппиттэрэ. Онтон сэрии саҕаламмытыгар «Күөдүй» колхоһугар председателинэн талбыттара.Кини биирдэ олорон турбакка, бэйэтин бары сатабылын, күүһүн , дойдутун, норуотун туһугар анаабыта. Ол курдук бөдөҥ колхуоһу тэрилтэ, хаһаайыстыба өттүнэн мөлтөппөккө, дьонун-сэргэтин биири да аччыктаппакка, государствоны кытта сөпкө аахсара, фроҥҥа көмөнү бары көрүҥүнэн ситэ тэрийэрэ. Онон даҕаны 1944 сыллаахха «Күөдүй» колхуос Обком Кыһыл знамятын ылбыта. Василий Кириллович барыта 4 төгүл олохтоох совет депутатынан талыллыбыта. 1957 с. кулун тутар Москваҕа Бүтүн союзтааҕы тыа хаһаайыстыбатын выставкатыгар кыттыыны ылбыта.
Егор Иванович Сунхалыров.
Биир уһун уулуссабыт Егор Иванович Сунхалыров аатын сүгэр. Егор Иванович 1921 с. кулун тутар 20 күнүгэр Таатта комячейкатыгар киирэр. Бу дьыл Чурапчыга 10 улуус хамначчытын мунньаҕар сылдьар. Итиннэ В.И. Ленинтэн телеграмма кэлэр. В.И. Ленин телеграммата мунньах дьонун сүргэтин олус көтөхпүтэ. Е.И.Сунхалыров разведкаҕа улахан дьоҕурдааҕа биллэн, хайа күн саа тутуоҕуттан ыла разведчигынан сылдьар. Онно бандьыыттары утары Төхтүр, Кумахтаах, Киллэм, Солобуода сэриилэригэр кыттар. 1923 с. дойдутугар кэлэн Таатта потребсоюһугар председателинэн үлэлээн ити үлэни сүнньүн булар. Е.И.Сунхалыров 1924-26 сс. Партия Саха уобаластааҕы комитетын хонтуруолун комиссиятын чилиэнэ, онтон өлүөр диэри бу комиссия чилиэнигэр кандидат эбит.
Константин Макарович Федоров.
Федеральнай суол кытыытыгар баар уулусса Константин Макарович Федоров аатын сүгэр. Кини Чурапчы улууһун Мырылатыгар төрөөбүтэ. Аҕа дойду сэриитин иннинэ Тыараһаҕа колхоз араас үлэлэригэр сылдьыбыта. Сэриилэһэр армияҕа 1942 с. сайын ыҥырыллан, 646-с саппааска турар стрелковай полк 21-с хайыһар биригээдэтигэр стрелок буолбута. Бу чааһын кытта Новгородов куорат таһыгар Старай Русса анныгар Ильмень күөлгэ буолбут хабыр хапсыһыыга сүрэхтэммитэ. Манна үгүс Саха дьоно охтубуттара.
Сэрииттэн кэлээт, “Ленин” аатынан колхозка солбуйар председателинэн, онтон бухгалтерынан, экономиһынан үлэлээбитэ. 1964 сылтан эргиэн систематыгар көһөн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Сэриигэ көрдөрбүт хорсун быһыыта, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрэ Октябрьскай Революция, Үлэ Кыһыл знамята, Аҕа дойду сэриитин I степэнэ, Албан Аат 3 степэнэ орденнарынан, үгүс бойобуой уонна үлэ мэтээллэринэн бэлиэтэммиттэрэ.
Семен Яковлевич Эртюков.
Оскуолабыт аттыгар баар уулусса Семен Яковлевич Эртюков аатын сүгэр. Семен Яковлевич 1904 с. дьадаҥы дьиэ- кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Чөркөөх оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан А.Е.Кулаковскайга (Өксөкүлээх Өлөксөй), А.И. Софроновка, В.Д. Давыдоваҕа о.д.а. үөрэммитэ. Кини Н.Е, А.Е. Мординовтары кытта доҕордоһоро. 1924 с. Семен Эртюков комсомолга киирэр. 10-тан тахса киһилээх комсомольскай ячейка секретарынан талбыттара. Комсомолга киирээт да үлэ үөһүгэр түспүтэ. Аан бастакы сорудаҕынан улууска пионерскай тэрилтэни тэрийии этэ. С.Я. Эртюков номоххо киирбит гражданскай сэрии геройа И.Я. Строд этэрээтигэр сылдьыбыта.
1941 с. Германскай фашизмы утары сэриигэ хаста да тылламмытын ылымматахтара. 1942 с. эрэ кини көрдөһүүтүн толорон, фроҥҥа ыыппыттара. Старшай сержант С.Я. Эртюков станковай пулеметтар отделениеларын командалыыр, взвод командирын көмөлөһөөччүтүнэн, рота парторунан сылдьан, хорсуннук сэриилэһэр. 4 төгүл бааһырдар даҕаны сэриини Берлиҥҥэ тиийэн түмүктүүр.
1945 с. от ыйыгар дойдутугар эргиллэн кэлэн, Саха АССР Министрдэрин Советын кадрга отделыгар, 1948 -1962 сс. тэрийэр отдел инструкторынан, 1962 с. республиканскай архивка младшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ.
С.Я. Эртюков 1974 с. республиканскай суолталаах персональнай пенсионер. Киниэхэ республикаҕа бастакылартан биирдэстэринэн «ССКП кэккэтигэр 50 сыл» диэн ССКП КК знага туттарыллыбыта. Үлэлээбит үлэтэ, оҥорбут үтүө дьыалата, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобурунан буолуоҕа.
Матвей Иннокентьевич Чехченнонов.
Дэриэбинэ илин баһа Бэрэ диэн ааттанар, бу уулусса Матвей Иннокентьевич Чехченнонов аатын сүгэр. Матвей Иннокентьевич 1882 с.төрөөбүтэ. Дьадаҥы буолан, кыһалҕаны билбитэ, эрэйи-муҥу көрбүтэ. Онон саҥа былааһы сөпкө өйдөөн, илиитигэр саа — саадах тутан көмүскэспитэ.
1921 с. Чөркөөхтөөҕү кыһыл дружинаҕа байыаһынан киирбитэ. Майа, Павловскай, Марха, Киллэм, Маҕан сэриитигэр сылдьыталаабыта. Онтон Төхтүр сэриитигэр кыттыбыта. Саа — саадах тутан, үрүҥ бандьыыттары урусхаллаһан Улуу Октябрь кыайыытын көмүскэспитэ. Кэлин дойдутугар эргиллэн кэлэн, колхоһу тэрийсибитэ, кини бөҕөргүүрүгэр бары сыратын, кыһамньытын уурбута, дьулуурдаахтык үлэлээбитэ.
Николай Павлович Григорьев.
Дэриэбинэ ортотугар баар уулусса Николай Павлович Григорьев аатын сүгэр. 1909 с. сэтинньи 10 күнүгэр Тыараһаҕа сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Н.П.Григорьев кылгас эрээри чаҕылхай олоҕу олорбута. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан оскуола общественнай олоҕор кыттан үлэлиирэ. 1928 с. оскуоланы бүтэрбитэ. Оччолорго улууска тыа хаһаайыстыбатыгар биир да анал үөрэхтээх суоҕа. Онон комсомол ячейката кинини Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэххэ ыыппыта. 1931 с. үөрэҕин бүтэрэн агроном идэтин ылбыта. Дойдутугар тахсан колхознай секция председателэ, онтон агроном буолар. Кини туһунан 1933 с. Кулачиков С.Р- Эллэй «Сир инженерэ» диэн ыстатыйаны суруйбута. Бу сылларга кини бэйэтэ үөрэтэн уонна курстары аһан 359 колхознай кадрдары үөрэппитэ. Үөрэҕэ суох эбэтэр кыра үөрэхтээх дьоҥҥо сааскы ыһыыны хайдах ыытары, оҕуруот аһын олордору, көрөрү-харайары үөрэппитэ. Николай Павлович итинник үөрэппитин түмүгэр Таатта үгүс колхозтарыгар сааскы ыһыыны үчүгэй хаачыстыбалаахтык ыытан, таһаарыылаахтык үлэлээн, өлгөм үүнүүнү ылыы ситиһиллибитэ.
1912 с. Дьиэбэгэнэ “Сталин” аатынан колхоз хортуоппуй үүннэрээччилэрэ гаттан 203 центнер хортуоппуйу онтон хаппыыстаны 669 центнер ылбыттара.
Оройуон колхозтарыгар 8 үүт уонна эт, 2 сибиинньэ фермаларын олохтообута. Итилэр түмүктэригэр Н.П. Григорьев партия уобаластааҕы уонна СКСК Бочуотунай грамотатынан, кыһыл көмүс чаһыынан наҕараадаламмыта.
Никита Михайлович Собакин.
1895 с. дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Саха сиригэр гражданскай сэрии ордук күүһүрбүт кэмигэр Никита Михайлович Чөркөөххө тэриллибит кыһыл дружина байыаһа буолбута, дружинаҕа бастакылар кэккэлэригэр киирбитэ. Сотору кинилэр Н.Д. Субуруускай этэрээттэригэр холбоспуттара. Саҥа олоҕу илиитигэр саа-саадах тутан көмүскээбит Никита Михайлович Собакин бойобуой доҕотторунуун кыайыы-хотуу аргыстанан төрөөбүт нэһилиэктэригэр эргиллибиттэрэ.
Н.М. Собакин бойобуой үлэҕэ үтүөлэрин үрдүктүк сыаналаан, 1958 с. Советскай Армия 40 сылын туолуутугар Саха АССР Верховнай Советын президиумун Бочуотунай Грамотатынан, 1967 с. Советскай былаас 50 сыла туолуутугар Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта. 1967 с. оройуон Бочуотунай кинигэтигэр киллэриллэн туран, бочуоттаах гражданин буолбута.
Олох сайдыытынан дэриэбинэбит кэҥээн, тупсан иһэр. Моростоон алааска олорор ыаллар уулуссалара Моростонская диэн ааттаммыта. Сорох ыаллар соҕуруу Түөйэ үрэҕи кыйа дьиэ туттаннар, бу уулусса Кыйы күөлбүт ыксатыгар буолан Озерная диэн ааттаах.
Өссө дэриэбинэбит кэҥээн, соҕуруу өттүгэр Заречная уулуссаҕа ыал дьон олохсуйдулар. Бэрэҕэ Таттинская диэн уулусса баар. Кыйы кыраныыссата илинтэн арҕаа диэки тапталлаах Тааттабытын кыйа олорор илин баска баар уулусса төрөөбүт үрэхпит аатынан Таттинская диэн.
Бу курдук нэһилиэкпит киэн туттар дьонун аатын үйэтитэн, уулуссаларга кинилэр ааттарын биэрбиппит, хайҕаллаах.
Туһаныллыбыт литературалар
«Тыараһа» үйэтитии хаһыата. 2018 с.
Тыараһа. 1941-1945 сс.: Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ. 2000 с.