«Олоҥхо дьыктаана-2022»
РФ Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан биллэриллибит РФ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Сылын чэрчитинэн, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, Олоҥхо национальнай күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи Декада чэрчитинэн ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олоҥхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар-иҥэрэр, итиэннэ олоҥхо ис хоһоонун киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа ыытыллынна.
ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан 2019 сыллаахха Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыта. Онно П.П. Ядрихинскай – Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотун суруйууга Таатта улууһугар, барыта 14 нэһилиэккэ, 30 площадканы хабан, барыта 531 киһи суруйбута. Туйгун «5» сыанаҕа 143 киһи , үчүгэй «4» сыанаҕа 285 киһи суруйан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэны ылбыппыт.
Быйыл, 2022 сылга, П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны суруйдубут. Олоҥхо дьыктааныгар барыта 38 площадканан 1453 киһи кытынна. «Туйгун» сыанаҕа 245 киһи суруйда.
Тыараһа нэһилиэгэр барыта 4 площадканы хабан, барыта 72 киһи суруйда. Ол курдук: М Н Турнин аатынан орто оскуола 13 учуутала, ону таһынан 25 үөрэнээччи, коррекционнай оскуолаттан 14 учуутал, «Сардаана» оҕо саадыттан 10 иитээччи уонна «Алгыс» н.а.дь үлэһиттэрэ, олохтоох администрацияттан, нэһилиэк дьоно кыттыыны ыллылар. Дьыктааны олохтоох библиотекарь Слепцова М. Д. орто оскуола библиотекара Мухина Е.Е, учуутал Егорова Р.Н, саха тылын учуутала Макарова С.П. аахтылар. Дьыктаан түмүгүнэн туйгун сыанаҕа биэс киһи:
- Варламова -Чемпина Вероника Николаевна -М.Н. Турнин аатынан орто оскуолатын нуучча тылын учуутала
- Львова Клара Николаевна- коррекционнай оскуолатын завуһа
- Павлова Татьяна Васильевна -коррекционнай оскуолатын завуһа
- Слепцова Раиса Родионовна- коррекционнай оскуолатын психолога
- Свешникова Светлана Семеновна — коррекционнай оскуолатын биология учуутала.
«4» сыанаҕа 41, «3» сыанаҕа 26 киһи суруйдулар.
Дьыктааҥҥа көхтөөхтүк кыттыбыт нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр тэрийээччилэр ааттарыттан махтанабыт, бу курдук сахалыы тыл сүмэтин иҥэрэн, өрө тутан инникитин да өрүү көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.