Олунньу 6 күнүгэр олохтоох библиотекарь уонна уһуйаан иитээччитэ Колодезникова А И бииргэ кыттыһан үрдүкү уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар норуот остуоруйаларынан » Остуоруйа дойдутугар айан» диэн «Сардаана» уһуйааҥҥа тэрээһин ыыттылар. Оҕолорго ютуб каналтан биир дойдулаахпыт Ытык -күөл үөрэнээччитэ Софрон Варламов оҥорон таһаарбыт «Таал- Таал эмээхсин» мультфильм остуоруйатын көрдөрдүлэр. Библиотекарь араас формалаах остуоруйа кинигэлэрин көрдөрдө, кэпсээтэ. Оҕолору мантан саас сылыйдаҕына библиотекаҕа сылдьарга ыҥырда, дьиэтээҕи библиотеката тэринин диэн сүбэлээтэ.