Билиҥҥи кэмҥэ доруоһалаах бурдук ас киһи доруобуйатыгар буортута элбэх, онон доруоһата суох бурдук ас ордугун билэннэр, элбэх киһи оннук аска көспүтэ ыраатта. Бэйэлэрэ астанан аһааннар, доруобуйаларын көрүнэллэр.
Ыам ыйын 8 күнүгэр Чөркөөхтөн Жегусова Мираида Прокопьевна Кыйыга кэлэн олохтоох библиотекаҕа Тыараһа нэһилиэгин 11 хаһаайкаларыгар дьиэтээҕи килиэби закваска иитэн, хайдах астыыры үөрэтэн, көрдөрөн барда. Хаһаайкалар үөрэннилэр, наадалаахтарын сурунан ыллылар. Онно үрдүттэн астанан, сылаас, саҥа буһан тахсыбыт, минньигэс килиэби амсайдылар.
Түмүгэр, Мираида Прокопьевна маастар — кылааска сылдьыбыт хаһаайкаларга, хас биирдиилэригэр, бэйэлэрэ астыылларыгар, бэлэм эрдэ оҥоһуллубут заквасканы биэртэлээтэ. Маастар- кылааска сылдьыбыт үөрэммит кэрэ аҥардар үөрэнэн, астынан, элбэҕи билэн- көрөн Мираида Прокопьевнаҕа махталларын тиэртилэр. Туһалаах, дьоҥҥо наадалаах маастар-кылааһы тарҕатан, элбэх киһи махталын ыла тураргар Мираида Прокопьевна!