1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
310 views

Ыһыах аһа-үөлэ

Ыһыахха тугу астанабыт? Үгүс хаһаайка бу күннэргэ сахалыы астаах кинигэлэрин көрөн эрэр буолуохтаах. Иннокентий Тарбахов “Өбүгэ алгыстаах аһа” диэн кинигэтиттэн ырысыаптары бэчээттиибит.Туһаныҥ,астааҥ.

Саламаат

5 ыстакаан сүөгэйгэ 75 г бурдугу ытыйан баран, оһоххо итии турар хобордооххо буһараллар. Буһарар кэмҥэр тохтоло суох булкуйа туруохтааххын. Бу саламаат буһарыыта түргэн. Саламааты буспут хобордооҕор остуолга аҕалан ууруллар. Эбэтэр тус-туспа анал иһиттэргэ бэриллэр.

Быырпах

Быырпаҕы сүнньүнэн икки суол ньыманан бэлэмниэххэ сөп. Бастакыта: 3 лиитирэ быырпаҕы ыларга: 400 г (1 бааҥка) сгущеннай үүт, 2 ыст. суорат, 2,2 л уу. Оргутуллубут ууга сгущенканы кутуллар, ити кэнниттэн суорат холбонуллар. Муос ытыгынан үчүгэйдик ытыйыллар уонна иһити ыга хаппахтаныллар. Бэлэмнэниллибит быырпаҕы 8-10 чаас туруоруллар. Быырпах үрдүгэр бытархай хабахтар тахсалларын саҕана эмиэ үчүгэйдик ытыйыллар уонна 4-5 чаас устата ыга хаппахтаан салгыы туруоруллар. Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы иһиэх иннинэ сүөгэй куттахха, утах ордук минньигэс буолар.

Быырпах иккис көрүҥэ өссө судургу: 3 лиитирэ быырпаҕы ылар буоллахха, ыстакаан аҥаара сүөгэй, 1,2 л суорат, 1 л уу, 20 г саахар бэлэмнэниллэр. Оргутуллубут ууга сүөгэйи, суораты, саахары кутан, бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри ытыйаллар. Ол кэнниттэн утаҕы 8-10 чаас устата итии сиргэ ыга хаппахтаан ууруллар. Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы сойутан баран, иһиэх иннинэ, ытыйыллар.

Кымыс

Билигин кымыһы араас ньыманан оҥороллор. Маҥнайгы ньыма: 15 л иһиккэ 6-7 л ууга суураллыбыт килиэп доруоһата, 2 л биэ үүтэ, 200 г чөчөгөй, 500 г хара килиэп хаҕа уонна 3 кг бытарыйбыт туораах бурдуга (сэлиэһинэй туорааҕа). Барытын холбуу анал ытыгынан сотору-сотору ытыйыллар. Бэлэм кымыһы иһиккэ куттахха, түгэҕэр хойуу хаалар. Ол кэлин көөнньөрүү (аһытыы) буолар.

Иккис ньыма: 3-4 л ынах үүтүн, 2 кг чөчөгөйү, 4 л тымныы оргуйбут ууну, 15 л сүөгэй уутун уонна 2 кг бытарыйбыт дьэһимиэн туорааҕын булкуйуллар. Ыга хаппахтаан баран сылаас сиргэ ууруллар. Сотору-сотору үрдүн бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри ытыйыллар. Көөнньөрүү 25-30 кыраадыс сылааска барыахтаах. 3-4 хонугунан көөнньөрүү ситэр. Онтон дууп буочукаҕа 50 л сөрүүн буспут ууну, 75-100 л биэ биир күн ыамнаах үүтүн уонна 30 л көөнньөрүү кутуллар. Иһит температурата 20-25 кыраадыс сылаас буолуохтаах, сотору-сотору ытыйыллыахтаах. 1-2 күнүнэн кымыс ситэр. Убаҕаһын иһэллэр, түгэҕинээҕи хойуута көөнньөрүүгэ хаалар.

Көбүөрдээх лэппиэскэ

Бу сахаҕа олус күндүтүк сыаналанар аһылык биир бастыҥ көрүҥэ. 1 кг көбүөрү (мөлбөнү) бэлэмниир буоллаххына, 500 г ынах арыыта, 2,5 ыстакаан ыаммытынан үүт наада. Көбүөрү оҥорорго дьиэ усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн маннык иһиттээх-хомуостаах буолуохха наада: түөрт харахтаах муос эбэтэр маһынан кириэстии оҥоһуллубут ытыктар, лиитирдээх эмалированнай бөтүөн, тымныы уонна сылаас үүттэргэ аналлаах миискэлэр. Арыы сымнаҕас (ууллаҕас соҕус) буолуохтаах. Онно сылаас үүт кутуллар уонна ытыйыллар. Ытыйыы эрчимнээхтик, биир тэҥник ыытыллар. Арыы үүтү ыллаҕына, эбии кутуллан иһиэхтээх. Сылаас уонна тымныы үүтү кутуу арыы холбоноруттан тутулуктаах. Тымныы үүккэ арыы холбоспот. Ол эрээри аҥаардас сылаас үүккэ арыы убуур, онон арыы сылаас уонна тымныы үүттэри кытары холбоноруттан көрөн кутуллар. Үчүгэйдик тахсыбыт көбүөр мөлбөркөй, күөгэлдьигэс, ньалбархай буолар.

Көбүөрү оҥорон баран, буспут, сойбут лэппиэскэни илиилэринэн кыра гына тоһута тутан эбэтэр быһаҕынан быһан, көбүөргэ кутан булкуйаллар. Сорох асчыт дьахталлар, минньитэн, сибиэһэй дьэдьэни эбэллэр. Олус минньигэс, үчүгэй буолар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *