Таатта улууһун Л.Н.Турнин аатынан “Алгыс” норуот айымньытын дьиэтэ, М.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы орто оскуола-уһуйаан, Тыараһатааҕы олохтоох библиотека тэрийиилэринэн Алтынньы 1-23 күннэригэр
СР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Ирина Афанасьевна Колодезникова – Ымыы аатынан «ХОҺООН КУТУМ, ХОТУН КУТУМ» куйаар ситимин нөҥүө хоһоон ааҕааччылар күрэстэрэ ыытылынна.
Хоһоон ааҕыы күрэһэ биэс бөлөххө арахсан ыытылынна.
1. Уһуйаан саастаах оҕолор
2. Оскуола алын кылааһын оҕолоро
3. Орто уонна улахан кылаас оҕолоро
4. 18-тан үөһэ саастаах улахан дьон
5. Дьиэ кэргэн бөлөҕө.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: СР суруйааччыларын союһун чилиэнэ Елена Афанасьевна Филатова, П.А.Ойуунускай аатынан Таатта народнай театрын режиссера Валентина Феодосьевна Бурнашева, М.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы орто оскуола-уһуйаан иитээччитэ Нюрианна Васильевна Чехордуна, М.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы орто оскуола-уһуйаан үлэһитэ Александра Игнатьевна Колодезникова, Тыараһа нэһилиэгин библиотекара Матрена Дмитриевна Слепцова.
Күрэскэ уопсайа 11 улуустан 105 хоһоон ааҕааччы кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн:
Гран при үрдүк ааты ылла Таатта улууһун Таыраһа нэһилиэгиттэн
М.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы орто оскуола-уһуйаан иитээччитэ Кэскилээнэ Александровна Иванова.
Уһуйаан саастаах оҕолор бөлөхтөрүгэр 38 кыттааччыттан:
1 миэстэ – Эдгар Никифоров . Хаҥалас улууһа. Нөмүгү нэһилиэгэ.”Чуораанчык” ОСК. Салайааччы: Н.Л.Еремеева.
2 миэстэ- Айсаана Васильева. Таатта улууһа. Харбалаах бөһ. “Кэскил” оҕо саада. Салайааччы Т.П.Мессеева.
3 миэстэ -Арина Парфенова. Горнай улууһа. Бэрдьигэстээх с. “Кырачаан ымыылар” ОСК. Салайааччы- Е.К.Федорова.
Оскуола алын кылааһын оҕолорун бөлөҕөр 32 кыттааччыттан:
1 миэстэ- Мичил Луковцев. Таатта улууһа. Тыараһа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ.Салайааччы. Е.С.Пудова.
2 миэстэ- Винесса Решетникова.Таатта улууһа. Чөркөөх орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы- С.И.Николаева
3 миэстэ Элеонора Антоева Таатта улууһа. Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы- М.В.Алексеева.
Орто уонна улахан кылаас оҕолорун бөлөҕөр 21 кыттааччыттан:
1 миэстэ- Нелли Хоютанова. “Олоҕум миэнэ” хоһоон.Таатта улууһа. Чымынаайы с., Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы- У.А.Хоютанова.
2 миэстэ – Айтал Окоемов. “Уһуктуу” хоһоон. Таатта улууһа Таыраһа нэһ. Тыараһа орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы- Е.С.Данилова
3 миэстэ- Дима Саввинов. “Тиит” хоһоон. Сунтаар улууһа. Күндэйэ нэһ. Б.Н.Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. Салайааччы- Е.В.Кузьмина.
18-тан үөһэ саастаах улахан дьон бөлөҕөр 11 кыттааччыттан:
1 миэстэ- Мария Романовна Никонова. Дьокуускай куорат. “Номох буолбут таптал” хоһоон.
2 миэстэ- Варвара Михайловна Гуляева. Уус-Алдан улууһа. Балыктаах сэл. “Оо, аҕам …аҕаккаам барахсан…” хоьоон.
3 миэстэ- Александра Жулева- Суһума. Таатта улууһа. Игидэй нэһилиэгэ. “Олох” хоһоон.
Дьиэ кэргэн бөлөҕө.
1 миэстэ- Матвеевтар дьиэ кэргэн. Таатта улууһа. Тыараһа нэһилиэгэ. “Сахам сирэ олус да кэрэ” хоһоон.
2 миэстэ – Окоемовтар дьиэ кэргэн. Таатта улууһа. Тыараһа нэһилиэгэ.
3 миэстэ- Оросиннар дьиэ кэргэн. Таатта улууһа. Ытык-Күөл сэл. “Дьэдьэннээх солооһуммар”
Хоһоон ааҕыытын күрэһигэр кыттыбыт ааҕааччыларга сэргээн, сэҥээрэн кыттыбыккытыгар махтанабыт, хомоҕой хоһоону үөрэтэн, сэҥээрэн ийэ тылбыт сайда турдун.